ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей
истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского»
ГБУ РС(Я) «Якутский музей»
Чөркөөх музейын халаан уута төгүрүйэр
30 май 2023, 12:15

Тардыы талах сөбүлээн үүнэр Таатта үрэх үрдүгэр Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейа 12 кэриҥэ га сиргэ тайаан сытар. Икки өттүттэн Таатта эбэбит күөйэ устар, айылҕа анаан бэлэхтээбит мааны сирэ.

Бу күннэргэ Таатта улууһун Чөркөөҕөр халаан уута тоҕо анньан кэлэн ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турар. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, өбүгэлэрбититтэн хаалбыт ытык малларбыт хараллан турар норуот туппут музейын үлэһиттэрэ кэтиир-маныыр үлэлэрэ өссө эбилиннэ. Ол курдук чуолаан уус балаҕана, булчут үүтээнэ, Үктэтии миэлиҥсэ, ураһа, олоҥхо балаҕана намтал сиргэ тураллар.

Музей ветеран үлэһитэ М.М.Охотин бэлиэтээбитинэн, түүннэри дьуһуурустуба олохтоммут, намтал сиргэ турар объектартан экспонаттар көһөрүллүбүттэр. Бэҕэһээ уу балысханнык кэлбитэ, бу сарсыарда этэҥҥэ курдук диэтэ. Ол да буоллар, син биир балаһыанньаны хонтуруолга тутабыт диир.

Саха норуота духуобунай баайа мунньуллубут, үүнэн иһэр көлүөнэҕэ нэһилиэстибэ быһыытынан хаалан иһиэхтээх Чөркөөх музейа харыстана туруохтун.

Хаартыскаҕа музей ветеран үлэһитэ Михаил Охотин, Павел Владимиров эбэни туоруур муостаҕа эбии далаһа оҥороллор; ыам ыйын 29 күнүнээҕи музей көстүүтэ.

С.Халгаева.