ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей
истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского»
ГБУ РС(Я) «Якутский музей»
Екатерина суумката

Чөркөөх музейыгар харалла сытар өссө биир сэдэх экспонатынан үөрэх тээбиринин хаалыыр суумка буолар. Бу суумка мастан оҥоһуллубут, хаптаҕай, көнө  быһыылаах, хара кырааскалаах, сирэйигэр икки мэндиэмэннээх дьиэ уруһуйдаммыт, хаппаҕар “Екатерина 1901 с” диэн суруктаах. Суумканы музейга 1979 сыллаахха Алексеевскай оройуон Ытык-Күөл сэлиэнньэтин олохтооҕо Попов Николай Иванович бэлэх ууммут. Даҕатан эттэххэ Николай Иванович биһиги музейбытыгар 120-тэн тахса сэдэх экспонаттары, хаартыскалары, былыргы харчылары, кинигэлэри бэлэхтээн турар.

Николай Ефимович тылыттан, бу суумка 1901 сыллаахха политсыылынай В.М.Ионовка үөрэммит Екатерина диэн кыыс гиэнэ буолар. Катя оскуолаҕа үөрэнэ киирбитигэр аҕата Слепцов Кузьма Платонович «оҕом үөрэнэн үөрэхтээх киһи буолуо»  диэн үөрүүтүгэр оҥорон биэрбит. Кузьма Платонович (1948-1922 сс.) Байаҕантай улууһун Уолба нэһилиэгэр улахан уус киһинэн биллэрэ. Таас Анна диэн сиргэ олорбута. Ойоҕо Прасковья Осиповна диэн. Бу киһи көмүһүнэн, тимиринэн, алтанынан, ньаалбаанынан, слесарнай дьыаланан уһанарын ааһан, бэрэстээк ууһун быһыытынан, болуотунньук быһыытынан адьас маһы хаамтарбат эрэ уус киһи эбитэ үһү. Балары таһынан мамонт муоһунан эмиэ тугу барытын уһанара, оҥороро үһү. Инньэ гынан наар ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьан, үксүн куоракка олорон уһаммыт. Куонаан, Бүөтүр, Анна диэн оҕолордооҕо. Билигин музейга көһөн кэлэн турар Уолбатааҕы Владимирскай часовня иконостаһын оҥорбут. Биир сабаҕалааһынынан куоракка дьиэ тутуутугар үлэлээбит. Аатырбыт атыыһыт Кушнарев ииппит кыыһын Александраны (тетя Сашаны) кэргэн ылбыт. Александра 97-98 сааһыгар сэрии эрэ инннигэр өлбүт.

Суумка хаһаайката Екатерина, хомойуох иһин, уонча саастааҕар өлбүт, Уолбаҕа көмүллэн сытар. Аҕата кыыһын уҥуоҕар кыракый часовня оҥорбута хойукка диэри турбута үһү. Бу суумка Ытык-Күөл олохтооҕор, маастар ииппит кыыһыгар Слепцова (Неморицына) Мария Петровнаҕа харалла сыппыт.

Бэлэмнээтэ Аввакумова С.В.