2003с. П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 110 сылын көрсө Таатта улууһун культуратын салаатын, социальнай харалтатын салайааччылара Власов В.Г., Попов Н.Е. иилээн-саҕалаан экспедиция кыттыылаахтара (оператор Баишев В.С.) сааскы ылааҥы күн, муус устар ый 21 күнүгэр “Баайаҕа – Туора-Күөл” маршрутунан Чалҕарыма диэн ытык сиргэ тиийбиппит.
Баайаҕа кырдьаҕас олохтооҕо Александр Иосифович Попов экспедициябытыгар кыттыыны ылбыта:
Икки хос эһэм, төрөөбүт эһэм, төрөөбүт аҕам Боппуоктар ийэлэрин уустара барыта олорбут, Өлөксөөндүр Уоһукабыс Попов диэн сырыттаҕым, оҕолорум-урууларым хас да улуустарынан олороллор, бары этэҥҥэ олороллор, кинилэр манна сылдьыбыттара, өбүгэ дайдым миигин билэҕин-көрөҕүн, биһигини бары үтүө хараххынан көрөргөр, кырдьаҕас сир, эйиигин ытыктыы кэлбиттэригэр үлэлии-хамныы сылдьар дьоҥҥо үтүөнү санаа, дьоллоох, доруобуйалаах, үчүгэй олохтоох дьон буолалларыгар үчүгэйи санаа диэн баран аал уотун аһаппыта уонна кэрчик кэпсээнин кэпсээбитэ.
Мин аҕам Попов Иосиф Харитонович чаччыына – кинээс уола буолан арыычча мааны, кыахтаах, сүөһүлээх-астаах, баай сэниэ уол эбитэ үһү, турбут-олорбут, бултаабыт- астаабыт киһи, билиҥҥи буоллаҕына спортсмен бэрдэ киһи эбит. А5ам эрдэ Еремей Белолюбскай манна эмиэ биллэр киһи кыыһын кэргэн ылбыта оҕолонобун диэн өлөн хаалар. Онтон үһүс сылыгар аҕам иккистээн түөрт уонуттан тахсыбыт киһи Кутаама диэн сиртэн кыра ыал кыыһын, 2 кыыстаах тулаайах эмээхсин кыыһын, Луковцева Мария диэн Тырай Алампа кыыһын 18-н эрэ толороот манна Чалҕарымаҕа илдьэ кэлэр. Ол кэмҥэ сүөһү-ас бөҕө, отучча сүөһү, оччолорго аҕата Харытыан Баһылайабыс дьиэ таhыгар үлэлии-хамсыы, тура-олоро сылдьар оҕонньор эбит. Манна кийиит буолан ийэм дьиэҕэ киирэн хотун-хаан буолан сүөһүтүн-аһын тутан олордоҕуна аҕам эдьиийэ Дьэбдьиэ (хос быһаарыы: П.А.Ойуунускай ийэтэ) кэлэр. Дьэбдьиэ аҕабын сурус-сурус диэн ыҥырар үһү. Былыргы дьон туохтаабыттар, Дьэбдьикиэй 5 суотайдаах арыгылаах үһү. Уоллара Былатыан саары этэрбэстээх, оноолоох суккун сонноох, дьабака бэргэһэлээх, ыстаана суккун буолан баран кыһыл кылдьыылаах – кыбытыктаах үһү.
Биир күн өрөөбүттэр. Өрөөтөхтөрүн күн Дьэбдьиэ сурус диэн наар кэпсэтэр үһү уонна ити Чыычаахтарынан, Ойбон Күөлүнэн, Дьэким оҕонньорунан эҥин бүүс бүтүннүү, билигин сылдьан кэлбит сирдэрбитинэн олорор ыаллары барыларын ыйытар үһү. Ийэм туран саҥа кэлбит кийиит дьахтар күтүөтү дьүһүн көрбүт: субу курдук атахтаах, маннык курдук илиилээх кыра-хара, наһаа бүрэ киһи диэн. Онтон Дьэбдьикиэй үрдүк сүүстээх, кэннигэр тарааныллыбыт, ортотунан хайытыллыбыт тараахтаах баттахтаах, маҥан улахан дьахтар эбитэ үһү.
Сурус – сурус диэн кэпсэтэр Дьэбдьиэ, аҕам Дьэбдьиэттэн толлон дуу, дьулайан дуу арыгытын улаханнык испэтэх, холуочуйбатах.
Бараллара кэлбит. Аҕам туран: – Дьэ, Маайаа, биир саамай үчүгэй ынаххын сыарҕатыгар таһааран эдьиийбэр холбоон биэр, – диэбит оҕонньоро Уоһук. Биир ынаҕы таһааран холбоон биэрбит. Эдэр оҕо кэргэннэммиккин, эмээхсиҥҥин үчүгэйдик тут диэн Дьэбдьиэ алҕаабыт үһү уонна бу уол манан төрүттэнэн эбинэн-сабынан куоракка үөрэнэ барар диэбит Былатыанын. Эмээхсин атын муоһалаабыт, Былатыан тахсан ийэтин кэннигэр олорбут. Өлөксөй ынаҕы үүрбүт. Баралларыгар быраата ааны өҥөйөн көрбөтөх, саах-муус сыбахтаах балаҕаҥҥа олороллор муус устар ый сүүрбэтин диэки баччаларга, мин ийэм аанын өҥөйөн көрдөҕүнэ айаннааннар тумуска киирэн хаалбыттар.
Онтон 5 сыл буолан баран аҕам хорохооттуу сырыттаҕына бассабыыктар кэллилэр, Баайаҕа быраабатын ыһаллар-эһэллэр үһү диэн буолбут. Илин аҕабыыт уола, кэлэҕэй нуучча киһитэ (хос быһаарыы – Александр Попов) биир улахан хоммуньуустара уонна Былатыан Алексеевич Слепцов үһү, икки сиэрэй таҥастаах Былатыаннаах онно-манна бардахтарына-кэллэхтэринэ биир кэм тура-олоро сылдьар дьоннордоохтор үһү. Саҥа былааспыт киһитэ кыра да оҕо кэлбит, ити хайдах биһигини устан барыа буоллаҕай диэн бастаан утаа куттаммаккалар кинээстэр, кулубалар эҥин төттөрү-таары хаамыталаабыттар. Байаҕантай буолаһын киинэ буолан түөрт улууһу баһылаан олорор.
Былатыаннаах бастаан эрийэн оҥорбут грамоталарын бырааба остуолун үрдүгэр ууран кэбиспиттэр, Былатыаны оруобуна түөһүн тылынан үһү остуол, онтон икки хотой төбөлөөх сэксээлэни ууралларын кытары мустубут дьон боруоста куттара-сүрдэрэ тостубут, онтон ыраахтааҕы мэтириэтин умса уурбуттар. Тыллаах-өстөөх, временнай былааһы дьаһайыан сөптөөх ким баарый диэбиттэригэр Үчүгэй диэн алааска олорор Манчаары аҕата – ынах быатынан абааһы баҕайы сонун эринэ сылдьар Амуос Белолюбскай туран кэлбит, кинини совдеп оҥорон кэбиспиттэр.
Аҕам 3 атынан Ойуунускайы, Попову уонна ол икки киһилэрин ыаллыы Игидэйгэ Ороһуттарга таһааран биэрбитэ үһү.
П.А.Ойуунускай ийэтинэн аймаҕа А.И.Попов кэпсээнин истибиппиттэн уонна бэлиэтэммиппиттэн 2003с. экспедиция кыттыылааҕа Изабелла Жерготова суруйдум. Олунньу 7 к. 2022с.