ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей
истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского»
ГБУ РС(Я) «Якутский музей»
Алаас ааттаах, дойду сурахтаах

Төрөөбүт нэһилиэгим историятын, сирин-уотун ааттарын, кимнээх-ханна олорбуттарын чопчулуу сатыыр буолбутум инньэ ыраатта. Хастыы эмэ сыл кумаахыга тиспит ким эрэ кэпсээбит түгэнин, былыргыны ахтыбытын  суруммутум хастыы эмэ сыл сытан баран хаттаан бөхсүйэммин  “Харбалаах нэһилиэгэ: алаас ааттаах, сир-дойду сурахтаах” диэн кинигэ буолан тахсыбыта.  Ол кинигэбэр Харбалаах нэһилиэгин сирин, күөллэрин былыргы ааттарын чопчулаан барыта 220 сир-күөл аатын киллэрбитим. Итинэн сөп буолбакка өссө да хасыһан эбии сир ааттарын буллум.

Өбүгэлэрбит сиргэ да, киһиэхэ да аат биэрэллэрэ мээнэ буолбатах этэ. Туохтан эрэ сэдиптээн, биитэр туох эрэ уратылааҕын чопчулаан аат биэрэллэрэ. Холобура бу саҥа булбут ааттарым: Мардык кутата. Тоҥус күөлүгэр Мардыков Уйбаан саһааккаланар сирэ үһү. Онон бу сир киһи аатынан барбыт. Куччугуй Былбаан. Сир аата. Мөрүөн Былбааныттан соҕуруулуу, субу сытар. Итинтэн ыллык суолу бата бардахха Үөгүлүүргэ тиийэҕин.

Оччугуй Тарыҥ, Улахан Тарыҥ. Быракаан үрэҕи бата барар толооннор ааттара. Дьэ ити сайын аайы сыылла сылдьан киис тиҥилэхтиир ааттарын ким да билбэтэх толооннорбут ааттара.

Национальнай архыыпка уурулла сытар сир түҥэтигин туһунан былыргы докумуоҥҥа (Бүлүүтээҕи Николаевскай таҥара дьиэтин суругар 1833 с.)  Харбалаах нэһилиэгэр билигин ааттара умнуллубут сирдэр элбэхтэрин сөхтүм. Ити билигин баар, өссө да оттонор улахан алаастарбыт хоннохторо-быттыктара оччолорго талаҕынан саба үүнэ илик кэмнэрэ буоллаҕа, бары тус-туспа ааттаах эбиттэр. Ылан көрүөҕүҥ эрэ.

Хабах күрүөтэ. Тоҥуулаах Тэптэгиинигэр олорон ааспыт Хабаахап Егор Ильич оттуур сирэ бэйэтин аатынан докумуоҥҥа тиһиллэ сылдьар. Былыр биир кэҥэс алааһы хас да киһиэхэ , быһа холоон 15 сыарҕа от кэлэринэн суоттаан үллэрэллэр эбит. Ол сирдэрэ өлбүгэ сир буолан, туһунан ааттанан сурукка киирбиттэр эбит.

Олох күрүө. Бу Чөҥөрөҕө баар сир аата эбит. Бу былыр Буслаев Борукуоппай диэн киһи оттуур сирэ эбит. Чөҥөрө да маара, өтөҕө, оттонор сирэ да элбэх, олортон хайа сир буолара биллибэт.

Күрдьүгэс. Тоҥуулаах Бэрэтинээҕи оттуур сир. Күрдьүгэс күрүөтэ диэн сибэккилээх от мэнээктээн үүммүт сирэ буоллаҕа ду, биитэр күрдьүгэс диэн кэрбээччи кыылчааммыт тугу эрэ гынан ду, таптаан үөскээбит сирдэрэ буолан ду, итинник ааттаммыта ду. Егоров Егор – Чохолбо диэн киһи оттуур өлбүгэ сирэ эбит. Төгүрүччү хатыҥ хаймыылаах Бэрэ барахсан хайа өттө эбитэ буолла.

Өргөмөх толооно. Тоҥуулаах сирэ. Өргөмөх диэн тыл суолтатын булбатым. Арай интернеккэ монгол тыла диэбиттэр.  Арамаанап Ылдьаа диэн киһи өлбүгэ сирэ буолла ини. Дьөрү истибэтэх да ааппыт.

Булуҥ күөлэ. Дьэһинэҕэ баар Солотуурап Ньукулай Филиппович оттуур өлбүгэ сирэ. Солтуураптар төрүттэригэр Баахча Филиип диэн киһи баар, ол киһи уола(Николай Якутскай эһэтэ).

Тэҥэлилээх тамаҕа. Солотуурап Сөдүөт – Чыхаат оттуур сирэ эбит. Тэҥэлилээх эбэ киэҥэ-куоҥа бөҕө. Былыр өссө күөллээх эрдэҕинэ улуу таһаа буолуо буоллаҕа. Хайа быттыга-хонноҕо итинник ааттааҕа буолла..

Кубалаах үрэҕэ. Платонов Сааба оттуур сирэ. Дьэ бу үрэх аата ханна да ахтыллыбатах үрэх. Баҕар, аатын кэлин уларытаннар билбэппит буолуо.

Улахан Маар. Николаев Егор – Буска оттур сирэ.

Оччугуй Маар. Иванов Ньукулай – Хараарбах оттуур сирэ.

Кыйат – Хачаҕалаахха баар Прокопьев Егор диэн киһи сирэ. Бу сирдэри ханан баалларын билигин чопчулуур ыарахан, билиэх айылаах кырдьаҕастарбыт суох буолтара ыраатта.

Хаттар тумуһаҕа. Дмитриев Петр оттуур сирэ. Бу эмиэ киһи хос аатынан ааттаммыт сир. Ханан баарын ким да билбэт.

Таҥалай. Платонов Харалаампый оттуур сирэ. Харбалаах сирэ быһыылаах. Сирин дьүһүнүттэн ааттаабыттара ду.

Бырхабыл. Буучас Охонооһойо -Егоров Афанасий оттуур сирэ. Бу тыл суолтатын билбэтим.

Бэкэтэй арыыта. Романов Мэхээлэ оттуур сирэ. Бу Тоҥуулаах олохтооҕо Бэкэтэй Киргиэлэй аатынан ааттаммыт сир эбит. Онон Тоҥуулаахха баар бадахтаах.

Дэгэрэҥ хонуу. Васильев Махсыым оттуур сирин аата. Ханан баара быһаарыллыбата. Олус көнө ньуурдааҕыттан ааттаабыттара ду.

Бу сирдэртэн ураты добуочча элбэх, хаһан да, ханна да түбэһэн аахпатах, истибэтэх ааттаах сирдэрим элбэхтэр. Сирдэрбит ааттарын умнуо суохха баара, олорон ааспыт дьоммут да кэриэстэрэ, олохпут кэрэһитэ да буоллахтара. Сир үллэһигэ1898 с. кулун тутар ыйга буолбут. Биэдэмэскэ староста Сэмэн Егоров, чаччыыналар Петр Кузьмин – Хара Кыыс уола Тыккаа, Уйбаныап Никииппэр (Бараахап), Прокопьев Федор буоланнар илии баттаабыттар, I- кы Чочу родовой управлениетын туоһулуур бэчээт уурбуттар.

Копыленко С.Д., 
И.Н. Барахов аат. музей салайааччыта