ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей
истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского»
ГБУ РС(Я) «Якутский музей»
СР НАУКАТЫН АКАДЕМИЯТА СР ЧӨРКӨӨХТӨӨҔҮ ПОЛИТСЫЫЛКА МУСУОЙА СР ТААТТА УЛУУҺУН ЫТЫК-КҮӨЛЛЭЭҔИ КЫРААЙЫ ҮӨРЭТЭР МУСУЙОЙА

АҔА ДОЙДУ УЛУУ СЭРИИТИН КЫАЙЫЫТЫН 75 СЫЛЫГАР АНАЛЛААХ

«САХА СИРЭ АҔА ДОЙДУ УЛУУ СЭРИИТИГЭР СҮҤКЭН КЫЛААТА»

РЕСПУБЛИКАТААҔЫ КЭТЭХТЭН КҮРЭХ БАЛАҺЫАННЬАТА

 

Республикатааҕы кэтэхтэн күрэх балаһыанньатын сыала-соруга:

Аҕа дойду Улуу сэриитэ бар дьон историятыгар күн бүгүнүгэр дылы улахан суолталаах. Хас саас аайы ыам ыйын 9 күнүгэр үөрэ-көтө Кыайыы күнүн бэлиэтээн, эйэлээх олоҕу уһансыбыт сэрии кыайыылаахтарыгар, тыыл кыттыылаахтарыгар ис сүрэхтэн тахсар истиҥ махталбытын, сүгүрүйүүбүтүн биллэрэбит. Бу хаһан да суоруллубат тыыннаах история туоһута.

Аҕа дойду Улуу сэриитин Кыайыытын 75 сылын көрсө «Саха сирэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сүҥкэн кылаата» диэн республикатааҕы кэтэхтэн күрэҕи бар дьоҥҥо – төрөппүттэргэ, ааҕааччыларга, учууталларга, үөрэнээччилэргэ уонна да атын киэҥ араҥаҕа биллэрии.

Тэрийээччилэр:

  • СР Наукатын академията
  • СР Чөркөхтөөҕү политсыылка мусуойа
  • СР Таатта улууһун Ытык-Күөллээҕи кыраайы үөрэтэр мусуойа

Толоруллар кэмэ:

2020 сыл муус устар 17 күнүттэн ыам ыйын 13 күнүгэр дылы.

Туттарыллар кэмэ:

2020 сыл ыам ыйын 13 күнүттэн 15 күнүгэр дылы. Бэлэм оҥоһуллубут матырыйаалгытын iso1109@mail.ru электроннай аадырыска ыытаҕыт.

Ирдэниллэр докумуона:

  • Кыттааччы анкетата.
  • Кыттааччы паспорын эбэтэр төрөөбүт туһунан туоһу докумуонун копията.

Күрэх түмүгэ көрүллэр кэмэ:

2020 сыл ыам ыйын 15 күнүттэн 19 күнүгэр дылы.

Күрэх түмүгүнэн 1, 2, 3 миэстэнэн наҕараада биллэриллэр. Маныаха кыайыылаахтар 1, 2, 3 истиэпэннээх электроннай дипломнарынан наҕараадаланаллар. Бары кыттыылаахтарга электроннай сертификат туттарыллар.

Күрэх түһүмэҕэ:

Аҕа дойду Улуу сэриитин Кыайыытын 75 сылын көрсө «Саха сирэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сүҥкэн кылаата» диэн республикатааҕы кэтэхтэн күрэх уопсайа үс түһүмэхтэн турар:

  • 1 түһүмэх – 33 ыйытыылаах викторина түһүмэҕэ. Хас биирдии ыйытыы биирдии баалынан сыаналанар. Ол аата күрэх кыттааччыта төһө кыалларынан сөпкө эппиэттээн уопсайа 33 баалы ыла сатыахтаах. Маныаха кыттааччы араас литературнай источникка олоҕуран сөптөөх эппиэти биэриэхтээх.
  • 2 түһүмэх – 32 ойуунан бэриллибит Хаартысканан викторина. Маныаха хас биирдии хаартысканан викторина икки баалынан сыаналанар.

 3 түһүмэх – айар үлэ. Кыайыы 75 сылыгар аналлаах төрөөбүт нэһилиэгин Аҕа дойду сэриитин сылларыгар кэрчик историятын туһунан суруйуу. Маныаха эн нэһилиэгиттэн Аҕа дойду сэриитин сылларыгар кылаатын туһунан, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын туһунан, Аҕа дойду сэриитин сылларыгар тыыл таһаарыылаах үлэтин туһунан, о.д.а. киллэрэн туран 3 сирэйдээх, туһаныллыбыт литературалаах, хаартыскалаах иһитиннэрии киэбинэн суруй. Хас биирдии иһитиннэрии 10 баалынан сыаналанар.

Күрэх уопсай баала – 75 баал.

Күрэх сүрүн боппуруостарын бэлэмнээтилэр СР Чөркөхтөөҕү политсыылка мусуойа тутаах үлэһитэ Барахова М.Е., СР Таатта улууһун Ытык-Күөллээҕи кыраайы үөрэтэр мусуойа тутаах үлэһитэ Попова М.А.

Күрэх хаартысканан викторина матырыйаала П.А. Ойуунускай аатынан Саха сирин судаарыстыбаннаһын мусуойун фондатыттан ылылынна. Маныаха Чөркөхтөөҕү мусуой сэбиэдиссэйэ Н.Е. Попов Сталинград сэриитин толоонуттан аҕалбыт экспонаттара туһаныллыннылар. 

 

БАСТАКЫ ТҮҺҮМЭХ

 

Викторина күрэҕэ

Темата “Кыайыы 75 сылыгар аналлаах “Буойун- суруйааччылар”

Кинигэни кытта үлэ

 

Сорудах ис хоһооно: бэриллибит 33 ыйытыыга араас литературнай источникка олоҕуран сөптөөх эппиэти таба суруй. Хас биирдии сөптөөх эппиэт – 1 баалынан сыаналанар

 

  1. Серафим Романович Кулачиков – Эллэй хайа куоракка, туох  үөрэҕин бүтэрбитэй?
  2. Саха сиригэр хас буойун-суруйааччы баарый?
  3. А.Т. Твардовскай “Василий Теркин” айымньытын ким сахалыы тылбаастаабытай?
  4. Петр Николаевич Тобуруокап хас кинигэ ааптарай?
  5. Кузьмин Макар  Иванович  ханна төрөөбүтэй, псевдонима кимий?
  6. “Суох буоллун сэрии,

                 Суох буоллун  өлүү

                 Туругур эйэ, эйэ, эйэ” – ырыа буолбут хоһоон аата, автора кимий? 

  1. Саха сиригэр хас буойун-поэт баарый?
  2. Иннокентий Илларионович Эртюков ханна төрөөбүтэй?
  3. “Суор кыланар сиһигэр”, “Сүрэх кэпсиир”, “Саллааттар” айымньылар ааптардара кимий?
  4. Анастасия Саввична Сыромятникова бииргэ төрөөбүт быраата, литературовед, критик, тылбаасчыт, филологическай наука кандидата, буойун-суруйааччы аата кимий?
  5. А.С. Пушкин “Евгений Онегин” айымньытын ким сахалыы тылбаастаабытай?
  6. Архип Георгиевич Кудрин ханна төрөөбүтэй?   
  7. 300-тэн тахса кинигэни  редакциялаан  таһаарбыт суруйааччы аата?
  8. С. Данилов, Н. Мординов, В. Протодьяконов айымньыларын  нууччалыы  ким  тылбаастаабытай? 
  9. Софрон Петрович Данилов хас сыллаахха, ханнык ыйга сэриигэ барбытай?       
  10. “Байанайдаах хочобор”  ханнык учуутал, поэт бастакы кинигэтэй? 
  11. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Волховскай фроҥҥа снайпердар  хамсааһыннарын  тэрийээччи, иитээччи  суруруйааччы  кимий? 
  12. Саха сириттэн хайа суруйааччылаар 1944 с. Саха сирин делегациятын састаабыгар киирэн 1 Украинскай  фроҥҥа тыыл  үлэһиттэрин аатыттан инники кирбиигэ  тиийэн  алгыс, бэлиэ бэлэхтэри тиэрпиттэрэй?
  13. Ким М. Горькай аатынан Москватааҕы литературнай институтка старшай  преподавателинэн үлэлээбитэй?  
  14. Тимофей Егорович Сметанин ханна, хас сыллаахха төрөөбүтэй, олоҕун тиһэх күннэригэр дылы  ханна  үлэлээбитэй? 
  15. Николай Иванович Степанов – Ноорой хас  сыллаахха, ханна  төрөөбүтэй? Бастакы идэтэ тугуй? 
  16. Бүлүү оройуонун “Колхоз  суола”  хаһыат эппиэттиир сэкэритээринэн 1933-1939 сс. ким үлэлээбитэй?
  17. «Аахса барбаппыт

              Атын  омук  диэн…» – хоһоон  аатын,  ким суруйбутун таай.

  1. Аҕа дойду көмүскүүр сэрии кыттыылааҕа, народнай поэт, публицист, олоҥхоһут, тылбаасчыт аатын толору ааттаа.
  2. “Сааскы дьыбардар”, “Уһуктуу” романнары ким суруйбутай?
  3. Саха сирин суруйааччыларыттан ким шифровальщигынан сылдьыбытай?
  4. Ким Иосиф Виссарионович  Сталин  12  томнаах  кинигэтиттэн  хаһын тылбаастаабытай?  
  5. Алексей Афанасьевич Софронов хоһоонноро хас сыллаахха, ханнык сурунаалга тахсыбыттарай?
  6. Василий Наумович Иванов бастакы хоһоонноро хаһан, ханнык сурунаалга бэчээттэммиттэрэй?
  7. 1941-1942 сс. сэрии толоонугар геройдуу охтубут поэт, сапер аата кимий?
  8. Кими, ханна ийэтигэр анаабыт хоһоонун ырыа оҥорон эҕэрдэлээн, 1944 с. көрсүбүттэрэй?
  9. “Өлүк таптала” диэн сэһэни ким суруйбутай? 
  10. Ханнык поэт, драматург Луначарскай аатынан актердар маастарыстыбаларын үрдэтэр мастарыскыайга дьарыктаммытай, М. Горькай аатынан литературнай институту бүтэрбитэй?

 

ИККИС ТҮҺҮМЭХ

 

Хартыынанан викторина

Темата Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи туһааннаах маллар, сэп-сэбиргэл

Тылдьыт көмөтүнэн хартыынанан үлэ

 

Сорудах ис хоһооно: Кыайыы 75 сылыгар аналлаах Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи маллар ааттарын толору ааттаталаа, тылдьыт көмөтүнэн суолталарын сөпкө быһаар. Хас биирдии сөптөөх эппиэт 2 баалынан сыаналанар.

 

     1.

 

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

 

 

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

  1.  

 

ҮҺҮС ТҮҺҮМЭХ

 

ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

Темата “Мин нэһилиэгим Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгыр”

Суругунан үлэ

 

Сорудах ис хоһооно: Кыайыы 75 сылыгар аналлаах төрөөбүт нэһилиэгин Аҕа дойду сэриитин сылларыгар кэрчик историятын туһунан суруйуу. Маныаха эн нэһилиэгиттэн Аҕа дойду сэриитин сылларыгар кылаатын туһунан, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын туһунан, Аҕа дойду сэриитин сылларыгар тыыл таһаарыылаах үлэтин туһунан, о.д.а. киллэрэн туран 3 сирэйдээх, туһаныллыбыт литературалаах, хаартыскалаах иһитиннэрии киэбинэн суруй. Хас биирдии иһитиннэрии 10 баалынан сыаналанар.

 

Приложение 1

 

ОҔО АНКЕТАТА