
Туттуллар маллар: сылгы сиэлэ, ситии хатар станок.
Бастакы түһүмэх. Сиэл тыытыыта.
Сиэли от-мас сыыһа буккуспутуттан, кылгас. тааҕыламмыт түүлэртэн араарыы, ыраастаныллар. Сиэл бэйэтэ эрэ хаалбытын кэннэ аны тыытыы үлэтэ саҕаланар. Тыытыы диэн, сиэл хас биирдии утаҕын бэйэ-бэйлэриттэн араарыы буолар. Тоҕо диэтэр. тэҥ утаҕынан саас-сааһынан сылдьар сиэл хатарга куһаҕан, быаҥ, ситииҥ кэбирэх буолар. Бастаан сылайбат курдук олорор ыскаамыйаҕын булунан чөкө сиргэ бэлэмнэнэҕин. Тыыппыт сиэлгин түһэрэргэр сиргэ хаһыат тэлгэтэр ордук.
Кыра соҕус сиэл түүтэҕин ылан хаҥас илиигэр тутан олорон уҥа илиигит үс тарбаҕынан чараас соҕустук сыыйан бараҕыт. (көрдөрүү)

Иккис түһүмэх. Утахтары бэлэмнээһин.
Балачча элбэҕи тыытан баран, тыытыллыбыт сиэлгиттэн быһыта тутан ылан, хаҥас илиигинэн бобо тутан олорон анар баһыттан уҥа илиигинэн сыыйыта тардан ылан, хаҥас илиигэр холбуу тутан иһэҕин. Оннук хаста да сыыйаҕын.(көрдөрүү) Сыыйбыт сиэлин бастаныар диэри. Ол аата бүк сылдьар сиэл утаҕа суох буолуор диэри. Инньэ гына-гына биир сиргэ чөмөхтүү уураҕын. Онтон кыра соҕустуу түүтэҕи ылан синньигэс соҕус утахтары эрийтэлээн уһата түһэн баран, ортотунан бүк хатыйа эрийэҕин.(көрдөрүү) Утаҕы эрийии ытыска да эрийиллэр, ньилбэккэ өссө түргэн (көрдөрүү).

Үһүс түһүмэх: ситии хатыыта.
Хатар станогу остуол кытыытыгар иҥиннэрэ уураҕын (көрдөрүү). Бэлэмнэммит икки утаҕы ылаҕын. Станокка хаҥас илиигэр утахтары бастарын тутан туран кылгас соҕус гына уураҕын (көрдөрүү). Онтон станок уҥа өттүнэн утахтар намылыччы остуолтан аллара , икки аны тутан түһэрэгин. Станокаалар чааһын илиигэр ылан ситиини баттаан туран өрө анньан хатайдыыгын. Ситииҥ хаҥас илиигэр баар өттө эриллэн тахсарын илиигин ыытан субуруччу көннөрө тардан биэрэҕин. Утаххын сөмүйэҕинэн атыта тутан туран эмиэ баттаан хатайдыыгын. Утах кылгаан хатыллан истэҕин аайы саҥа утаҕы ылан салҕаан биэрэн иһэҕин. Ситииҥ хатыллыбыт баһын мотуоктуу эрийэн иһэҕин, заколканан туттаран остуолтан түһэрэҕин.
Ситии синньигэһэ, модьута бэлэмнэммит утаҕын модьутуттан, синньигэһиттэн тутулуктаах. Синньэтэргэр уунары тардан биэрэҕин.
Мастер -кылааһы ыытта С.Копыленко