ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей
истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского»
ГБУ РС(Я) «Якутский музей»
Чөркөөх музейын фондата норуот күүһүнэн хаҥыыр
вчера в 21:25

От ыйын 3 күнүгэр Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгин олохтооҕо, норуот маастара Картузова Варвара Николаевна Чөркөөх музейыгар тус кылаатын киллэрэн, бэйэтэ тикпит туос тымтайын бэлэх оҥордо. Кини ийэтин  Варвара Степановна тымтайын 2016 сыллаахха үтүгүннэрэн тикпит эбит.

Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон 120 сыллаах үбүлүөйүнэн уонна музейбыт төрүттэммитэ 50 сылын көрсө күндү, үйэлээх бэлэҕин иһин барҕа махталбытын биллэрэбит! Бу кэрэ оҥоһук көрдөрүүгэ туран элбэх дьону сэҥээрдиэҕэ, үөрдүөҕэ.

Ю. Борисова