Нуучча маҥнайгы революционера Петр Алексеевич Алексеев төрөөбүтэ 175 сылын көрсө
1877 сыллаахха Санкт-Петербург окружной суутун саалатыгар буола турар « 50 буруйдаахтар » сууттарыгар сенат остуолун инниттэн: «Мөлүйүөнүнэн рабочай дьон ньыгыл быччыҥнаах илиилэрэ өрө күөрэйиэ, оччоҕо саллааттар ыстыыктарынан хаххаланан олорор деспотизм бурҕалдьыта күдэн буолан көтүө!» диэн нуучча рабочай кылааҺын революционнай охсуҺуутун өрө күүрүүтүн билгэлиир төлөннөөх улуу этии этиҥнии ньиргийбитэ.
Ыраахтааҕылаах Россияҕа Улуу Октябрьскай социалистическай революция буолуон 40 сыл иннинэ өтө көрөн эппит Москва таҥас өрөөччүтэ Петр Алексеевич Алексеевы кэлин В.И.Ульянов – Ленин нуучча маҥнайгы рабочай – революционерынан ааттаабыта.
Петр Алексеевич Алексеев 1849 сыллаахха тохсунньу ый 15 күнүгэр Смоленскай губерния Сычевскай уеҺыгар Новинскай дэриэбинэҕэ дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Эдэр сааҺыгар Москва уонна Петербург куораттар фабрикаларыгар таҥас өрөөччүнэн сууккаҕа 17 чаас устата үлэлээн хара көлөҺүнүн тохпута, сиэри таҺынан ыарахан үлэҕэ баттаттар даҕаны үөрэнэригэр бириэмэ булунара, элбэҕи ааҕар буолбута.
1861с. ыраахтааҕы правительствота крепостной быраабы көтүрэргэ күҺэллибитэ. Ол түмүгэр Россияҕа туох-ханнык иннинэ промышленность балайда түргэнник сайдан барбыта. Рабочайдар ахсааннара элбиирин тэҥинэн кинилэри көлөҺүннээҺин күүҺүрдэр күүҺүрэн испитэ.
1875с. олунньу ый саҕана «Бүтүн Россиятааҕы социальнай-революционнай тэрилтэ» устаабын оҥорууга Петр Алексеев биллэр кыттыыны ылбыта. Бу куруҺуок Арҕаа Европатааҕы социалистическай үөрэхтэри Россияҕа пропагандалааҺыны бэйэтин соругунан туруоруммута.
Рабочай Петр Алексеев 30 тахса кистэлэҥ куруҺуоктары тэрийэн рабочайдар революционнай охсуҺууларын тэрийсибит буруйугар «50 буруйдаахтар» процесстарыгар тыл эппитэ оччотооҕу кэмҥэ бэчээттэнэн кыраныысса таҺыгар тиийэ тарҕаммыта. Ыраахтааҕы суута сууттанааччылартан анархист Петр Алексеевы чорботон саамай ыарахан бириигэбэри, бары прлитическай быраапптарын быҺан туран, 10 сыл хаатырга үлэтигэр ыытарга уураахтаабыта. Бу бириигэбэри нуучча суруйааччылара М.Салтыков-Щедрин, И.Тургенев, оччолорго кыраныысса таҺыгар олорор Карл Маркс бырачыастаабыттара биллэр.
Дойду үрдүнэн ыарахан кэм туран, баара-суоҕа 36 саастаах, элбэх хаатырга уонна сыылка хаайыыларын ааспыт Петр Алексеев Саха уобалаҺыгар Дьокуускай к.-ка 1985с. кулун тутар 9 к. кэлбитэ. Көскө кэлбит судаарыскайы бастаан утаа Байаҕантай улууҺун СаҺыл нэҺилиэгэр олохтообуттара. Судаарыскай бэйэтэ Саха сирин губернатарыгар көрдөҺүү суруйан, доҕотторо Н.Тютчев, М.Натансон, О.Аптекман көмөлөрүнэн 1886с. бэс ыйыгар Боотурускай улууҺун Дьүлэй нэҺилиэгэр баран олороро көҥүллэммитэ.
Аан дойдуга революционер быҺыытынан биллэр Петр Алексеев уҺук хоту сытар тыйыс усулуобуйалаах Саха сиригэр сыылкаҕа кэлэн, чуолаан Тааттаҕа олорон бэйэтин аатын-суолун үйэ-саас тухары хаалларбыта.
Чөркөөхтөөҕү «Саха сиринээҕи политсыылка» музейыгар революционер Петр Алексеев Таатта Дьүлэйигэр 1986с. сайын кэлбитин олохтоох Быраабаҕа бэлиэтэтэн хаайыллан олорбут “Сибииркэ” дьиэтэ турар. Сибииркэни Дьүлэй нэҺилиэгиттэн Суорун Омоллоон Ытык Күөл орто оскуолатын коллективынан (директор Афанасьев Е.А.) көҺөртөрөн киллэртэрбитэ. ИҺирдьэ киирдэххэ, ортотугар таҺыттан олуллан хатанар ааннаах салҕааҺын хайыылаах. Эрдэ ыраахтааҕыны утары турбут преступник П.А.Алексеев ыар усулуобуйалааҕынан биллэр Новобелгородскай, Мценскай, онтон Сибииргэ кэлэн Иркутскай түрмэтигэр уонна аатырар Карийскайдааҕы хаатырҕа түрмэлэригэр олорбутун билэбит. «Сибииркэ» дьиэтэ ол түрмэлэртэн туох да итэҕэҺэ суох усулуобуйалаах.
1886с. Дьүлэй нэҺилиэгин кинээҺэ Петр Большаков “судаарыскай” Петр Алексеев анаан балаҕан туттаран кыстыкка киллэриэр диэри киирэ-тахса олорбута. Саҥа балаҕаныгар ас астыыр оҺоҕу буорунан симэн оҥосторугар дьадаҥы Никита Хаптагаев диэн оҺохчут киҺи көмөлөспүтэ биллэр. Онон икки сыл иҺигэр дьиэтэ-уота олоччу бүппүтэ, туох баар тэрилэ барыта сиппитэ. Ынаҕын Афанасий Абрамов кэргэнэ Балаайа диэн дьадаҥы эмээхсин ыыра. Кини балаҕаныгар соҕотоҕун дьукааҕа суох олорбута. Ол олорбут балаҕана Булгунньахтаахха күн бүгүннээҥҥэ диэри история паамытынньыгын быҺыытынан бэрт сэнэхтик турар.
Петр Алексеев Тааттаҕа «элитиэпкэ» хотууру аан бастаан аҕалан от охсубута оччотооҕуга улахан сонун буолбута, Дьүлэй улахан кинээҺэ Петр Большаков илитиэпкэни көрдөҕүн утаа нөҥүө сайыныгар куораттан ыарахан сыанаҕа хотуур атыылаҺыннаран таҺаарбыта сыыйа тарҕанан барбыта. Олохтоох саха дьонун Ермолай Борисовы, Афанасий Абрамовы, Николай Софроновы, Роман Тимофеевы(Александровы), Григорий Щукины кытары доҕордоспута. Петр Алексеев дьадаҥыларга от түҥэппитин, хортуоппуйу ыҺарга үөрэппитин умнубаттар, ордук кинини олоҕу ураты көрөр майгытын-сигилитин, санаатын аҺаҕастык этэрин бэлиэтээн ахтан хаалларбыттара. Киниэхэ сотору-сотору атын нэҺилиэктэргэ олорор сыылынай табаарыстара П.Войнаральскай, Н.Виташевскай, М.Новицкай, И.Майнов, В.Ионов, Э.Пекарскай, В.Трощанскай дьаарбайа кэлэн бараллара. Кинилэр ортолоругар П.Алексеев революционнай дьыалаҕа ордук биллиилээх уонна авторитеттаах киҺи быҺыытынан көстөрө.
Петр Алексеев: «Не щемило, не болело бы сердце, если бы этот, всю жизнь проводящий в заботах и тяжском труде народ, жил хоть мало-мальски человеческой жизнью» диэн саха боростуой үлэҺит дьонун туҺунан П.С.Ивановскаяҕа суруйбута элбэҕи этэр.
1891с. атырдьах ыйын 16 (28) күнүгэр Дьүлэй нэҺилиэгин чаччыыналара Дьөгүөр Абрамов –Тобох (уруккута улахан баай ыал оҕото, түөрт уонча саастаах, сүүрбэччэ сүөҺүлээх) уонна Сөдүөт Сиидэрэп (баай киҺи, сылгылыын-ынахтыын 85 сүөҺүлээх, сааҺын тухары дьаамы эргинэн олорбут, биэс уонча саастаах) илиилэриттэн П.А.Алексеев суорума суолламмыта. Бу өлөрүү аҥардас халааҺын эрэ сыалыттан оҥоҺуллубатаҕа, социальнай төрүттэрдээх диэн Дьокуускайдааҕы Окружной Суут 1892с. муус устар 12 күнүнээҕи бириигэбэригэр суруллубут (СƟ НА.Ф.192-и.оп.19.Д.13.Л.298-303 об.).
Онон Бүтүн Россияҕа Октябрьскай социалистическай революцияны өтө көрбүт нуучча маҥнайгы революционера П.А.Алексеев Саха сиригэр, чуолаан Тааттаҕа бэйэтин аатын хаалларбыта.
1965с. Таатта оройуона нуучча маҥнайгы революционера П.А.Алексеев аатынан Алексеевскай оройуон диэн ааттаммыта.
Сыыппаралар, чахчылар:
1931с. Туора- Күөлгэ «КүүҺү түмүү» 30 хаҺаайыстыбалаах колхозтан 10 км сиргэ түөрт уонча хаҺаайыстыбалаах Петр Алексеев аатынан колхоз тэриллибитэ.
1949с. Петр Алексеев төрөөбүтэ 100 сыла туолуутунан сибээстээн 1949с. Якутскай куоракка Лагернай уулусса кини аатынан ааттаммыта. Тааттаҕа Дьүлэйгэ олорбут дьиэтигэр музей-дьиэ тэриллибитэ, паамытынньык туруоруллубута (мастан).
1950с. бэс ыйыгар «КүүҺү түмүү» уонна Петр Алексеев аатынан колхозтар холбоҺоннор Петр Алексеев аатынан колхоз буолбуттара.
1955с. Петр Алексеев аатынан колхозка Шверник аатынан колхоз, онтон 1956с. «Правда» колхоз холбоспуттара.
1957с. Улуу Октябрьскай социалистическай революция 40 сылын, Саха сирэ нуучча государствотыгар киирбитэ 325 сылын уонна Саха АССР төрүттэммитэ 35 сылын туолууларынан сибээстээн, оройуон киинигэр Ытык-Күөлгэ, Петр Алексеевка паамытынньык туруоруллубута.
1960с. П.А.Алексеев олорбут балаҕана (1886с.) уонна көмүллүбүт уҥуоҕа (1891с.) РСФСР Министрдарын Советын 30.8.1960с. 1327 №-дээх уурааҕынан государственнай (федеральнай) суолталаах пааматынньыктар буолбуттара.
1965с. Таатта оройуона нуучча маҥнайгы революционера П.А.Алексеев аатынан Алексеевскай оройуон диэн ааттаммыта.
1972с. П.А.Алексеев аатынан совхоз киинигэр – Уус-Тааттаҕа П.А.Алексеев пааматынньыга аҺыллыбыта. Скульптор К.Н.Пшенников, архитектор Г.А.Туралысов.
1975с. РСФСР Министрдэрин Советын 1975с. тохсунньу 4к. уурааҕынан «Булгунньахтаахха» рабочай-революционер олорбут балаҕана республиканскай суолталаах история уонна архитектура паамытынньыктарын быҺыытынан государство харыстабылыгар ылыллыбыта.
1977с. Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон Алексеевскай оройуон Чөркөөх сэлиэнньэтигэр историко-революционнай музейы общественность күүҺүнэн туттарбыта. Манна П.А.Алексеев сыылкаҕа олорбут балаҕана чөлүгэр түҺэриллибитэ (маастара – Е.Н.Щукин-Бурҕаат).
1977с. Революционер П.А.Алексеев музей уҺаайбата Чөркөөх историко-революционнай музейын общественнай отдела.
1985с. Дьүлэй Булгунньахтааҕар Петр Алексеев балаҕанын таҺыгар П.А.Алексеев бюст (железобетон) туруоруллубута. Дьокуускайдааҕы худфонд иҺинэн И.А.Уваров оҥорторбута.
1987с. «Булгунньахтаахха» Петр Алексеев уҥуоҕун таҺыгар чочуобуна (1878с.) өрөмүөннэммитэ (сал. И.А.Уваров, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон, Попов Н.Е.).
1988с. Саха Республикатааҕы культура уонна история пааматынньыктарын обществотын көҺө сылдьар III Пленумын кыттыылаахтарын П.А.Алексеев музей-уҺаайбатыгар Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон, И.А.Уваров (БРПХО Алексеевскай оройуонунааҕы салаатын председателэ) экскурсия ыытан туран сырытыннарбыттара.
2006с. Революционер П.А.Алексеев музей уҺаайбата Чөркөөхтөөҕү «Саха сиригэр политсыылка» историко-мемориальнай музей отдела.
Литература:
- Андросов Н.Х. Петр Алексеев Тааттаҕа. Якутскай. 1960
- Памятники истории и культуры Республики Саха (Якутия). 1-е издание. Якутск, 2023.
- Сивцев Д.К.- Суорун Омоллоон. Черкехский мемориальный музей. с. 60-61.
Бэлэмнээтэ Изабелла Жерготова. 25.01.2024с. Таатта