ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей
истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского»
ГБУ РС(Я) «Якутский музей»
Нэһилиэги үөрэхтээбит учуутал
18 сентября 2024, 09:53

И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейыгар саҥа үөрэх дьыла аһыллыбытынан уонна нэһилиэкпитигэр оскуола аһыллыбыта быйыл 105 сыла туоларынан “Нэһилиэги үөрэхтээбит учуутал” диэн РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Платонова Мария Саввична туһунан улахан выставка арыллан үлэлии турар.       

 

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар нэһилиэктэн  аҕыс биэрэстэ тэйиччи атахтаһа сытар Тырытыа уонна Лөглөр Кубалааҕа диэн отой былыргыттан Былатыанаптар – Лөглөрдөр  аҕа уустарын төрүт өтөхтөрө буолбут дьоҕус алаастар бааллар. Лөглөр Былатыан элбэх оҕотуттан биирдэстэрэ Сааба диэн уол 1885 с.төрөөбүт. Бу Сааба ыал буолан 13 оҕону төрөппүттэриттэн саамай кыралара, 1921 сыл муус устарыгар төрөөбүт Морууса диэн иринньэх баҕайы кыыс, оттон-мастан тардыстан Кыталыктаахха арыллыбыт оскуоланы бүтэрэн, салгыы Бүлүү куоратыгар аймахтарыгар олорон бастакы ступеннаах оскуоланы бүтэрэр. Үөрэҕэр үчүгэй, дьоҕурдаах, сэмэй кыыс сэттис кылааһы бүтэрэн Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэр. 1942 с. Морууса училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт нэһилиэгэр начаалынай кылаас учууталынан ананан кэлэр. Кини иннинэ үлэлээбит учуутал уолаттар Аҕа дойдуларын көмүскүү сэриигэ бараннар оскуола хатанан турара. Кыракый баҕайы уҥуохтаах, хачаайы кыысчаан оскуолатын саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнээн сууйан-тараан оҕолору оскуола ааныгар көрсүбүтэ. Ол күнтэн ыла бары Морууса диэн ааттыыр кыыстара Мария Саввична диэн ытыктабыллаахтык ааттанан 40-тан тахса сыл төрөөбүт нэһилиэгэр учууталлаабыта. Оччолорго сэрии буола турар кэмигэр ас-таҥас кырыымчык буолан, алаастартан үөрэнэ кэлэр оҕолор аччык кэриэтэ сылдьан үөрэнэллэрэ. Ол туһунан ахтыыларга: “Оскуолаҕа күнүс аһатар этилэр. Биирдии тэриэлкэ убаҕас хааһы, биирдии тоһутуу лэппиэскэ оҕото биэрэллэрэ. Аччык оҕолор онон үссэнэн сылдьаахтыырбыт” – диэн   суруйбуттара музейга хараллан сыталлар. Оннооҕор оскуола түннүгүн сабыытынан олох илдьирийбит таҥастаах оҕоҕо ырбаахы тигэн кэтэрдибитин хойукка диэри махталынан ахталлара. Ыраах алаастартан, фермалартан тыҥ хатыыта сатыы үөрэнэ кэлэр. халлаан хараҥарыыта дьиэлэригэр барар оҕолору хас биирдиилэрин соннорун тимэҕин бэрэбиэркэлээн, бэргэһэлэрин бобо баайталаан, булгуччу үтүлүктээх сылдьалларын модьуйсар аһыныгас санаалааҕа. Ити сыл алтынньытыттан оруйуоннааҕы үөрэх салаата Мария Саввичнаны оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн аныыр.

Мария Саввичнаны харбалаахтар “Сааба үөрэхтээх кыыһа” диэн улаханнык убаастаан ааттыыллара. Нэһилиэккэ үөрэхтээх киһи ахсааннаах кэмнэригэр учууталлар бүттүүн үөрэхтээһин соругун толорооччу этилэр. Ол курдук бэйэтин үлэтин таһынан, фермаларынан улахан дьону ааҕарга, ахсааны билэргэ үөрэтэ барара. Оччолорго дойду үрдүнэн культпоход диэн норуоту культурнай ыраас олоххо тардыы соруга далааһыннаахтык бара турар кэмэ этэ. Учуутал, биэлсэр кыргыттар, кыһыл чуум, ааҕар балаҕан үлэһиттэрэ киэһэтин ыал ийэлэрин, кыргыттары быысабайдыырга, күрүчүөгүнэн баайарга, эдэр ыччаты мандалинаҕа, балалайкаҕа, гармошкаҕа оонньуурга  үөрэтэллэрэ. Эдэркээн Моруусаны 1947 сыллаахха партия кэккэтигэр ылбыттара. Партийнай мунньахтар, саҥа соруктар  партия чилиэнин кэһиллибэт эбээстэрэ этилэр. Аны полит үөрэхтээһин диэн биир туспа соругу сүктэрбиттэрэ. Аан дойду балаһыанньатын, партия таһаарар дьаһалларын, өссө улуу сирдьит Владимир Ильич Ленин олоҕун туһунан дьоҥҥо кэпсээри хаһыаттартан, кинигэлэртэн кэниспиэктэммитэ билигин биһигини сөхтөрөр. Мария Саввичнаҕа Ленин олоҕун тухары идеал этэ. Ол курдук кылаас чаастарыгар Ленин туһунан кэпсииригэр туттубут литературалара, открыткалара выставкаҕа турдулар. Оннооҕор төрөппүттэргэ Ленин дьиэ кэргэнин туһунан кэпсээн оҕону иитиигэ холобур оҥосторо. 40-тан тахса сыл эҥкилэ суох үлэлээбитин туоһулара буолар наҕараадаларыттан саамай убаастыыра сэрии сылларыгар бүттүүн нэһилиэк олоҕун кыһалҕатын хачаайы саннытыгар кыайарынан сүксүбүт сылларын сыаната буолбут “Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии 1941-1945 сс. тыылга килбиэннээх үлэтин иһин” диэн мэтээл, норуокка “Сталин мэтээлэ”  диэн улаханнык ытыктаммыт наҕараада уонна Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт мэтээл этилэр.

Мария Саввична кэргэн да тахсыбатаҕа, оҕоломмотоҕо даҕаны. Эдэркээн сааһыттан олоҕун, сыратын, билиитин ыччаты иитиигэ, үөрэхтээһиҥҥэ анаабыта. Оскуолаҕа үлэлии кэлиэҕиттэн начаалынай кылаас оҕолорун үөрэтэрэ уонна 1957 сыл атырдьах ыйыгар диэри 14 сыл сэбиэдиссэйдээбитэ. Онтон 1963-65 сылларга эмиэ сэбиэдиссэйинэн ананан, үөрэппит оҕото Муксунов Василий Харлампиевич директорынан ананан кэлиэр диэри, үлэлээбитэ. “Төрүкү сэмэй, чиэһинэй, холку баҕайы майгылаах, үлэтигэр сүрдээх эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх салайааччы этэ. Үчүгэйдик да үөрэтэрэ, ылынымтыа да баҕайытык уруогун биэрэрэ”, –  диэн ахтар үөрэппит оҕото РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Филиппова Розалия Евсеевна.

Мария Саввична 1984 с. пенсияҕа тахсан баран ииппит кыыһыгар Федора Константиновнаҕа Бүлүү куоракка олорбута. Төрүкү тугу эрэ түбүгүрэ, быһаарса үөрүйэҕинэн манна да таах олорботоҕо. Игирэ сиэн кыргыттарын ытарҕа курдук сиэппитинэн сылдьара. Оскуолаҕа киирбиттэрин кэннэ тэҥҥэ уруок аахсан, бэйэтэ, бу 84 саастаах киһи, оҕолорун үчебниктарынан тэбис-тэҥҥэ английскай тылы үөрэппит. Ол үөрэммит, суруммут тэтэрээттэрэ эмиэ быыстапкаҕа тураллар. Быыстапкаҕа бааллар, оскуолаҕа уруогар туттар буолан, бэккэ харыстаан кыыһыгар да оонньоппотох, нуучча норуотун биллиилээх остуоруйатынан Ушинскай суруйбут “Козлятки и волк” диэн 1954 с. Росгизместпром таһаарбыт уонна 1967 с. Москваҕа “Красный пролетарий” типография таһаарбыт “Теремок” диэн наһаа да үчүгэйдик хортуоҥкаҕа дьэрэкээн өҥүнэн ойууламмыт хартыыҥкалардаах кинигэлэрэ. Бу кинигэлэри Мария Саввична оскуолаттан үлэлээн бүтэн эрэ баран сиэн оҕолоругар биэрбит эбит. Маны таһынан былыр кумаахы, кинигэ кырыымчык кэмнэригэр почтанан суруттаран ылар плакаттарынан, сурунааллартан кырыйан ылбыт хартыыналарынан, открыткаларынан уруоктарыгар туттарыгар альбомҥа, лиистэргэ сыһыаран оҥостубут дидактическай материаллара бөҕөнү кыыһа кичэллээхтик уура сылдьарын уларсыбыта быыстапка ис хоһоонун арыйда.  Аны “песенник” диэн суруктаах хас да тэтэрээттэр холбуу тигиллибиттэрэ сылдьалларын булан арыйталаан көрбүтүм, учууталбыт барахсан биһиэхэ ырыа уруогар үөрэтэр “пособиета” эбит! Илиинэн суруллубут мин ыллаан ахан биэрбит, кэлин ыал ийэтэ буолан оҕолорбун, онтон аны сиэннэрбин ыллаан утутар ырыаларбын булан ыллым ээ! Оҕо сааспын көрсүбүт курдук үөрдүм! Өссө биир малы көрбүт эрэ бары сөхтүбүт. Ол – “5” сыананы эрэ туруорарыгар уонна ошибкалары бэлиэтииригэр туттубут кыһыл харандааһын тоһооскута!

Былыргы оһоҕунан ититиллэр оскуолаларга кыһын тымныы оройугар сонноох олорон үөрэнэр буоларбыт. Оттон учууталларбыт сонноох сылдьалларын өйдөөбөппүн. Арай Мария Саввична дьарамай саннытыттан түһэрбэтэх хараҥа өҥнөөх сиэрис түүлээх былаатын өйдүүрүм. Ол былаат быыстапкаҕа олоппос өйөнөрүгэр иилэ быраҕыллан, өссө биир мааныга иилинэр маҥан баайыы түүлээх былаатыныын ыйанан турдулар. Сылдьыбыт эрэ бары “Оо, бу былааты билэн бөҕө буоллаҕа ди!” – дии түһэллэр.  Онон быыстапкаҕа сылдьыбыт эрэ бары оҕо саастарын биир улахан лоскуйун – оскуолатааҕы сылларын кытары илэ көрсүстүлэр, сэргэхсийэн төннөллөр.

                                                                                 Музей салайааччыта Копыленко С.Д.