ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей
истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского»
ГБУ РС(Я) «Якутский музей»
Көтөр Оҕо удьуордара музейга сыаналаах бэлэх оҥордулар.
20 августа 2025, 11:48

Тамалакаан нэҺилиэгэр Көтөр Оҕо диэн ааттанан Куһаҕандыыкап диэн араспаанньалаах 1778-1843 сылларга олорон ааспыт киһи сыдьаайдара элбэхтэр. Билигин бу киһи удьуордара уола Аҕакы – Уруукап Уйбаан Ольгин диэн 1810 сыллаахха төрөөбүт киһиттэн кини бииргэ төрөөбүтүн ду, бэйэтин ыччата ду, 1838 сыллаахха Мукучус – Васильев Көстөкүүн диэн киһи үөскүүр. Бу киһиттэн Хооһой – Николай Константинов диэн киһи 1873 сыллаахха уонна Ньылыбыс Өлөксөй диэн дьон төрүүллэр. Ньылыбыстан Егоров Афанасий Алексеевич – Очой төрүүр. Очойтон билигин Тамалакаанынан, Дьокуускайынан, Харбалааҕынан, Ороһуннан эҥин тэнийэн ууһаан олорор Егоровтар, Кузьминнар, Крылатовтар диэн бэрт элбэх аймах тэнийдэ.

       Көтөр оҕо төрүттэрэ Силээҥҥэ олорбут бадахтаахтар. Бу аймахтан Хооһой диэн киһи сүрдээх сытыы, киирбит-тахсыбыт, саҥарбыт-иҥэрбит, оҕуруктаах өйдөөх киһи эбит. Эдэригэр сырыыны да сылдьыбыт, Алданынан, Бодойбонон көмүс көрдөөн кыанар эр дьон тайҕаны эҥэрдэринэн тэлэр кэмнэригэр таһаҕас көтөҕүүтүгэр да көмүс хостооһунугар да сылдьымахтаабыт ахан киһи үһү. Оччолорго көмүс туһуттан киһи тыыныгар туруулаах дьалхааннаах кэмнэргэ Хооһой араас эрбэх үөһэ сэттэтэ эргийбит дьон киэнэ сытыыларын кытары эҥэрдэспитэ үһү. Көмүстээх Алданынан тэлэһийэ сылдьан баран дойдутугао эргиллэригэр хос эһэтин Көтөр Оҕо аатын ылынан, нууччалатан Крылатов диэн араспаанньаланан эргиллибитэ үһү. Бу Хооһой көмүстээх тайҕаттан төннөрүгэр ботуччу көмүстээх эргиллибитэ үһү. Силээҥҥэ хос эһэтин олоҕор олоро сылдьыбыта чуолкай. Онно харалла сытар буолуохтааҕа үһү. Силээн былыргы көмүсчүттэр айаннарын суолун айаҕар сытар сир буолан, Хооһой онон ааһар көмүсчүт кэриэйдэри, кытайдары халааһыҥҥа элбэхтэ кыттыбыт буолуохтааҕа үһү. Көр оннук харса-хабаана суох киһи эбитэ үһү. Хооһой бииргэ төрөөбүт инитэ Ньылыбыс Өлөксөй сиэннэрэ, быйыл Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейыгар түҥ былыргы үйэлэр өксүөннэриттэн суураллыбат гына хараарбыт харчылары, кириэстэри, биһилэхтэри эҥин бэлэхтээн соһуттулар. Бу маллары өбүгэлэрбит маллара , баҕар өссө талаан-былдьаан ылыллыбыт маллар буолуохтарын сөп диэн айыырҕаан “айылааҕын музейга сыттыннар” диэн бэлэхтииргэ быһаарбыттар. Бу маллар ортолоругар хап-хара дьоҕус, чараас соҕус кытархай тимиртэн кутуллубут, биир сирэйигэр Улуу Арассыыйа ыраахтааҕыта Николай I вензэллээх, биир өттүгэр “1 копейка серебром” диэн суруктаах 1840 сыллаахха Сузунскай монетнай двор бэчээттээбит манньыата баар. Бу, музейбытыгар суох, сыаналаах мал буолан биэрдэ. Оттон икки биһилэхтэр сирэйдэригэр руна сурук эрэ, туох бэлиэ эрэ, эмиэ уратылаах маллар буолан биэрдилэр. Хас да атын-атын оҥоһуктаах нательнай кириэстэр эмиэ киһи болҕомтотун тардаллар. Бу өбүгэлэрин малларын музейга бэлэхтээн фондабытын байытыспыт Көтөр Оҕо хос-хос-хос-хос сиэннэрэ Егоровтарга музей коллективын аатыттан улахан махталбытын биллэрэбит.

          Барахов аат.судаарыстыбаннас музейын салайааччыта Копыленко С.Д.