ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей
истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского»
ГБУ РС(Я) «Якутский музей»
Дойдум, Таатта, дорообо!
6 сентября 2024, 16:57

Бүгүн Ойуунускай кыыһа Ойунская Сардана Платоновна төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан

Ойунская Сардана Платоновна (06.09.1934—13.07.2007)— биллиилээх саха учуонайа – фольклориһа, литературоведа,  тыл үөрэҕин хандьыдаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, СӨ Духуобунаһын академиятын академига, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Таатта уонна Чурапчы улуустарын бочуоттаах гражданина.

1934 с. балаҕан ыйын 9 к. Москва куоракка төрөөбүтэ. Сардана Платоновна Ойунская 1962 с. СГУ-ну бүтэрбитэ.

1962-2007 сс.  Гуманитарнай чинчийии Институтыгар лаборант үлэтиттэн  саҕалаан билим ыстаарсай үлэһитигэр тиийэ үүммүтэ, барыта 45 сыл устата аҕатын суолунан “тыл луохтуурун” (хос быһаарыы – Ойуунускай бэйэтин тыла) быһыытынан айымньылаахтык үлэлээбитэ.

Фольклор салаатыгар үлэлээн, саха норуотун уус-уран айымньыларын дириҥник үөрэтэн, ырытан, тылбаастаан хас да кинигэ, хомуурунньук тахсарыгар дьаныардаахтык үлэлээбитэ. Ол түмүгэр кини “Саха таабырыннара” (1975), “Саха норуотун ырыалара-тойуктара” (1982), “Саха остуоруйалара” икки тылынан (1976,1977, 1980) тахсыбыт хомуурунньуктар бэчээттэнэн тахсалларыгар быһаччы кыттыыны ылбыта.

1986 с. (52 сааһыгар) Алма-Ата куоракка аата-суола аан дойдуга биллибит фольклорист Б.Н.Путилов салалтатынан “Саха норуотун таабырыннара” диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертациятын  ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Бу үлэ кэлин туспа 1992 с. монография быһыытынан бэчээттэммитэ.

Ону таһынан “Якутские народные песни. Ч. 1-3” (Якутск, 1976, 1977, 1980), “Якутские сказки. ч. 2” (Якутск, 1967), “Кыыс Дэбилийэ” уонна “Модун Эр Соҕотох” (Новосибирскай, 1993, 1996) кинигэлэр кыттыгас ааптардара.

Сардана Платоновна “Памятники фольклора народов Сибири и Востока” диэн серияҕа кыттан сахалар “Кыыс Дэбэлийэ” уонна “Модун Эр Соҕотох” диэн героическай эпостарын бэчээккэ бэлэмнээн, аан тылы суруйан, тылбаастаһан бэрт улахан суолталаах үлэни толорбута. Бу үлэлэр бүтүн тюрк омуктарын фольклордарын киэҥ маассаҕа, саха норуотун уус-уран айымньыларын аан дойду таһымыгар таһаарыыга олук уурсубуттара.

Олоҕун тиһэх сылларыгар саха аныгы прозатын ырыппыта. “Литература Якутии на современном этапе. 1980-1990 гг.” (2001) элбэх ааптардаах монографияҕа Д.Т. Бурцевтыын аныгы кэпсээн уратытын туһунан суруйбута. “Очерк литературы ХХ века” (научный отчет, 2003) XX үйэ 20—30-сс. кэпсээнин туһунан ырыппыта.

С. Ойунская Арассыыйа Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ этэ. Таатта уонна Чурапчы улуустарын Ытык олохтооҕо. “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх (2003), П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата (2004),  “Барҕарыы” национальнай фонда лауреата (2001).

Гуманитарнай институт иһинэн П.А.Ойуунускай суруйан хаалларбыт айымньыларын хомуйар, үөрэтэр уонна бэчээккэ бэлэмниир сыалтан, институт директора профессор В.Н.Иванов быһаччы салайыытынан П.А.Ойуунускайга аналлаах фонда тэриллибитэ. Ол кэмнэртэн (1988) Сардана Платоновна литературоведтар отделларыгар көһөн, олоҕун сүүрбэччэ сылын бу фонда салайааччытын быһыытынан үлэлээбитэ. Ол түмүгэр,  П.А.Ойуунускай  3 томнаах айымньыларын хомуурунньуга аан тыллаах, хос быһаарыылаах, комментарийдаах бэчээккэ бэлэмнэнэн күн сирин көрбүттэрэ. Маны тэҥэ Сардана Платоновна “П.А.Ойунский—директор научно-исследовательского института языка и культуры при СНК ЯАССР (1935-1937)”диэн кинигэни и.н.к. Р.В.Шелеховалыын институт 70 сылын көрсө таһаартарбыттара. Сардана Платоновна П.А.Ойуунускай “Саха тыла уонна кини сайдар суола” диэн научнай үлэтин, “Русско-якутский термино-орфографический словарь” диэн сыһыарыылаах бэрт кэрэхсэбиллээх үлэни эмиэ бэчээккэ бэлэмнээн таһаартарбыта. Ону ааһан С.П.Ойунская саха биллиилээх фольклориһа П.Н.Дмитриевтиин П.А.Ойуунускай билигин аар-саарга аатырбыт  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун 68 бэчээтинэй лииһинэн, дьоһуннаах кинигэни бэлэмнэспитэ.

Аҕата хаалларбыт улуу нэһилиэстибэтин норуокка тиэрдии, уһун кэмҥэ үйэтитии кини олоҕун сыала-соруга буолбута.  Сардана Платоновна “П.А.Ойунский и якутский театр” диэн кинигэ автора. Бу айымньыны кини аҕата төрөөбүтэ 110 сылын туолуутугар таһаартарбыта.

Саха литературата сайдыытыгар уонна аҕатын сырдык аатын кытары сибээстээх темаларга Сардана Платоновна дьүккүөрдээхтик үлэлээн  республика хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар “П.А.Ойуунускай уонна А.И.Софронов”, “П.А.Ойуунускай уонна Күндэ”, «Кыһыл Ойуун» поэма-тойугу, уо.д.а., кини эрэ кыайа тутан суруйар кыахтаах ыстатыйаларын, тиһигин быспакка бэчээккэ таһаарбыта.

Кэргэнэ Соловьев Сергей Петрович – 32 сааһыгар  «Исследование элементов механики процесса резания почвы плоскимим и цилиндрическими клиньями» тиэмэҕэ техническай наука кандидата (1968с.). Кинилэр Платон, Мария, Лина диэн оҕолордоохтор, сиэннэрдээхтэр.

Сардаана Платоновна Ойунская Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон мэктиэтинэн  аҕата тэрийбит Саха сирин суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ буолбута.   Кинини Тааттаҕа аан бастаан 1948 сыллаахха аҕатын кытары бииргэ төрөөбүт Улахан Мария (1908 -1935) кыыһа Прасковья Терентьевна Аянитова аҕалбыта (С.Ойунская. Аҕам сырдык аата. Дьокуускай, 2008 – с.55), ол кэмнэртэн ыла олоҕун тиһэх күннэригэр тиийэ дойдутун кытары сибээһин быспатаҕа.  Сардаана Платоновна Чөркөөх музейын тутуутун өйөөн күүс-көмө буолбута.  Чөркөөххө П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас музейыгар С.П.Ойунская баай ис хоһоонноох   библиотекатын төрөппүт уолун Платон Сергеевич Соловьев дьиэ кэргэнэ бэлэхтээбитэ.

Сардаана Платоновна Ойунская аҕатын туйаҕын хатаран дьоһун олоҕу олорбута, сырдыгынан сыдьаайан Ойуунускай кыыһа дэтэн ытык иэһин толорбута дьоло буолар.

  Бэлэмнээтэ Жерготова И.Я. Балаҕан ыйын 6 күнэ.  2024с. Таатта, Чөркөөх