Бу сыл алтынньы 26 күнүгэр икки музей кыттыһан “Күн күбэй Ийэ аан дойду аанньала” тэрээһини ыыттыбыт. Тэрээһиммитигэр билигин бойобуой дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт ийэлэрин, кэргэттэрин анал программа быһыытынан ыҥырдыбыт.
Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов күн күбэй ийэлэри, тэрээһин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн туран тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарда. Андрей Петрович, Украинаҕа иккитэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр командировкаҕа сылдьыбытын аҕынна. Нэһилиэкпититтэн бойобуой дьайыыга сылдьар дьон дьиэ кэргэттэригэр туох кыалларынан көмө оҥоһулларын, салгыы да баар буолуоҕун бэлиэтээтэ.
Музейбыт ветеран, ытыктанар үлэһитэ И.Я.Жерготова улууспутуттан тахсыбыт Герой Родимир Максимов- Бурҕаат туһунан сыһыары тутан музейга баар политсыылынай Петр Алексеев балаҕаныгар экскурсия оҥордо. Бу Дьүлэйгэ Булгунньахтаах алааска турар революционер Петр Алексеев балаҕанын Родимир хос эһэтэ, уустар эйгэлэригэр биллэр-көстөр, оччотооҕу кэм үтүө киһитэ Е.К.Щукин-Бурҕаат маастардаан туттарбыта. Билигин кини хос сиэн быраата эһэтин Бурҕаат таптал аатын ылынан (позывнойунан) Ийэ дойду көмүскэлигэр килбиэннээх суолу-ииһи хаалларда. Бу бэйэтиттэн тиһиллэ турар иһитиннэриини Изабелла Яковлевна кэпсээн истээччилэри “кырдьык даҕаны ээ!” дэттэрдэ. Бу күн Чөркөөх оскуолатыгар “Көһөҥө көмүстэрэ” олоҥхоһут оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи лааҕырын иитиллээччилэрэ кэлэн тэҥҥэ кыттыыны ылан, экскурсияҕа сырыттылар.
Тэрээһиммит биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн Судаарыстыбаннас музейын фондатын хранителэ Д.Ф.Кириллина Йогаҕа маастар-кылаас биэрэн ийэлэрбитин сэргэхситтэ, үөртэ. Салгыы ийэлэрбитин сандалы тула олордон, итии чэй иһэ-иһэ ирэ-хоро кэпсэтии таҕыста.